ҮЛЭҺИТ ДЬОН ҮӨРҮҮТЭ – ДЬОЛ СЫРДЫК ААРТЫГАдо 1500 ₽ / 0+ |
Убаастабыллаах Дьокуускай куорат олохтоохторо, Бүлүү улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт, "Мастаах" сопхуоска үлэлээбит ытык-мааны дьоннорбут!
Мастаах сопхуос төрүттэммитэ 65 сыллаах үбүлүөҋүн чэрчитинэн ыытыллар, Бүлүү өрүс уҥуор сытар 8 нэһилиэк тэрийэр, истиҥ-иһирэх эҕэрдэ кэнсиэригэр , Сэтинньи ый 29 күнүгэр киэһэ 6 чаастан Туймаада хочотун килбэйэр киинигэр турар Дьокуускай куорат «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр бука барыгытын күүтэбит.
Эһигини күүтэр: тыа сирин нэһилиэктэрин талааннаах ыччатын, дьонун-сэргэтин ылбаҕай ырыалара, имигэс үҥкүүлэрэ, көрдөөх сыаҥкалара.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа сынньаныҥ! Тыа сирин талааннаах үлэһит дьонун сэргээҥ,кэрэхсээҥ!
СТОИМОСТЬ: 1200 -1500₽
0+